Сиэгэн
Бикипиидийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сиэгэн - (нуучч. росома́ха, россома́ха, лат. Gulo gulo) - сиэмэх кыыл. Евразия, Хотугу Америка тайҕатыгар, туундаратыгар үөскүүр. Наһаа улахан буолбатах буолан баран күүһүнэн аатырар. Үксүн соҕотох сылдьар. Түүтэ уһун көп. Өлүгү сиир, кыра кыыллары, мас көтөрүн, кутуйаҕы, сороҕор улахан кыыллар оҕолорун тутар. Балыктаан сиирэ биллэр.
Оҕолоро икки-үс буолаллар, кулун тутарга, муус устарга төрүүллэр.