Web Analytics

See also ebooksgratis.com: no banners, no cookies, totally FREE.

CLASSICISTRANIERI HOME PAGE - YOUTUBE CHANNEL
Privacy Policy Cookie Policy Terms and Conditions
Серошевскай, Вацлав - Бикипиидийэ

Серошевскай, Вацлав

Бикипиидийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

В. Серошевскай польскай легионнар формаларын кэтэн туспут, 1914 с.
В. Серошевскай польскай легионнар формаларын кэтэн туспут, 1914 с.

Серошевскай Вацлав (Wacław Sieroszewski, 1858 с. атырдьах ыйын 24 к. – 1945 с. муус устар 20 к.) — польскай этнограф, суруйааччы, публицист, Польша тутулуга суох буолуутун туһугар хамнааһын кыттыылааҕа, 1933–1939 сыллаахха Полышатааҕы литературнай академия президенэ. Сахалар тустарынан улахан этнографическай чинчийии («Якуты»/«Сахалар») автора.


Ис хоһооно

[уларыт] Олоҕо

Серошевскай дьоҕус дворян ыалыгар төрөөбүтэ. Кинилэр поместьелара 1863 сыллаах поляктар өрө турбуттарын кэнниттэн былдьаммыта. Вацлав гимназияны бүтэрэн баран Варшаваҕа "Варшава-Вена" тимир суол ремесленнай оскуолатыгар слесардаабыта. 1879 сыллаахха рабочай хамсааһыҥҥа кыттан полицейскайдары утарбытыгар аҕыс сылга хаайыыга барар бириигэбэрдэммит. Ол оннугар Сибииргэ көскө ыытыллан, Саха сиригэр 12 сыл олорбута (1880–1892). Манна олохсуйан Серошевскай сахалар олохторуттан кэпсээн суруйар, этнографическай матарыйаал хомуйар. 1880 сыллаахха Верхоянскайга Слепцова Анна диэн саха дьахтарын кэргэн ылар. Мария диэн кыыс оҕолоноллор. 1886 сыллаахха Анна өлбүтэ. 1892 сыллаахха Серошевскай Сибииргэ босхо айанныыра көҥүллэнэр. Иркутскайга олорон нууччалыы сахалар тустарынан улахан этнографическай үлэтин бутэрэр. Ол үлэтэ Нуучча Географическай уопсастыбатын премиятын ылар уонна Уопсастыба харчытынан кинигэ буолан тахсар («Якуты. Опыт этнографического исследования», I том, СПб, 1896; польскайдыы таһаарыыта «Dwanašcie lat w Kraju Jakutów», 1900). Серошевскай кинигэтэ билигин даҕаны XIX үйэ бүтүүтүнээҕи сахалар традиционнай олохторун-дьаһахтарын, культураларын сырдаппыт саамай дириҥ чинчийиилэртэн биирдэстэринэн ааҕыллар.

1895 сыллаахха Серошевскай Стефания Милановская диэн полячканы кэргэн ылар. 1898 сыллаахха ыраахтааҕы бырабыытылыстыбата кини Польшаҕа төннөрүн көҥүллүүр. Серошевскай Кавкаһынан айанныыр. 1903 сыллаахха Бронислав Пилсудскай диэн эмиэ биир польскай этнографы кытта Нуучча географическай уопсастыбатын Японияҕа экспедициятыгар кыттар. Экспедиция Хоккайдо арыыга олорор айнар олохторун-дьаһахтарын үөрэтэр сыаллаах этэ, ол эрээри, Россия уонна Япония икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыылара мөлтөөн, эрдэ тохтообута. Ол кэнниттэн Серошевскай бэйэтэ Кореяҕа, Кытайга, Цейлоҥҥа, Египекка уонна Италияҕа сылдьыбыта. Дальнай Востокка мунньубут матырыйааллара Серошевскай «Корея» диэн иккис этнографическай үлэтин төрүтэ буолар (польскайдыы таһаарыыта «Korea: Klucz Dalekiego Wscһodu», 1905).

1905 сыллаахха муус устар 12 күнүгэр поляк-нуучча съеһыгар Серошевскай «za naszą wolność i waszą (биһиги уонна эһиги көнүлбут туһугар)» диэн биллэр тыллары этэн турардаах. Ол тыллара Польша тутулуга суох буолуутун өйүүр Россия дьонугар бэркэ биллэр буолбуттара (63 сыл буолан баран, 1968 сыллаахха Москваҕа диссиденнар ити тыллары плакакка суруйан Кыһыл площакка ССРС армиятын Чехословакияҕа киллэрбитин утары митиҥҥа тахсан көскө ыытыллыбыттара уонна хаайыллыбыттара). 1906 сыллаахха Серошевскай «Күннээҕи курьер» диэн польскай хаһыакка Польшаҕа байыаннай балаһыанньаны көнөтүк сырдатарга, амнистия биллэрэргэ, алтынньы 17 к. манифеска биллэриллибит көҥүллэри олоххо киллэрэргэ ыҥырар статья таһааран тутуллар, байыаннай суукка сууттанар, ол кэнниттэн кыраныысса таһыгар күрүүр.

1910–1914 сыллардаахха Серошевскайдар Парижка олороллор, польскай эмиграннарга биллэр дьон буолаллар. Вацлав Польскай уус-уран товариществоҕа бэрэссэдээтэллиир, Серошевскайдар дьиэлэригэр Мария Склодовская-Кюри уонна Владислав Мицкевич курдук биллэр поляктар сылдьаллар.

1914 сыллаахха Серошевскай Пилсудскай легионнарыгар суруттарар. 1918 сыллаахха Дашинскай Временнай бырабыытылыстыбатыгар информация уонна пропаганда миниистирэ буолар. 1935–1938 сыллардаахха Польша сенатыгар киирэр.

Серошевскай 1945 сыллааха Пясечно диэн куоракка пневмониялаан өлбутэ. Уҥуоҕа 1949 сыллаахха Пясечноттан Варшаваҕа Повонзки кылабыыһатыгар көһөрүллүбүтэ.

Серошевскайга мемориальнай таас, Дьокуускай
Серошевскайга мемориальнай таас, Дьокуускай

[уларыт] Уус-уран айымньылара

Серошевскай «Күһүн» диэн бастакы новеллата 1884 сыллаахха тахсыбыта. Сибиирдээҕи кэпсээннэр бэйэтин кэмигэр биллэр этилэр. Олохтоох норуоттар тустарынан «Танараларга сиэртибэ» (W ofierze bogóm), «Риштау» (Risztau), «Ойуур кытыытыгар» (Na cresach lasóv), «Тоһуурга» (W motni), «Хайлах» (Chailach), «Кули» (Kuli), «Муус ортотугар» (Wsród ladów), «Муҥур аһыы» (Na dnie nedzy), «Кур» (Ucieczka) диэн айымньылара ааҕааччы сэҥээриитин ылбыта. Серошевскай үгүс айымньыта нууччалыы тылбастанан тахсар этэ.

«Муҥур аһыы» диэн ромаҥҥа олоҕуран Россия биллэр режиссера Алексей Балабанов «Река» диэн саха артыыстардаах киинэ устан испитэ. 2000 сыл сэтинньи 20 күнүгэр Балабанов группата массыына саахыллыытыгар түбэһэн, сүрүн оруолу оонньообут Туйаара Свинобоева өлөн, киинэ устуута тохтообута.

[уларыт] Библиография

  • Якутские рассказы (Сборник). 1895.
  • Якуты. Опыт этнографического исследования, т. 1, СПБ, 1896.
  • Рассказы, 8 тт. СПб.: «Знание», 1908—1909.
  • Беньовский. Роман. М. Абкина тылбааһа. Л.: «Мысль», Л., 1927.
  • На краю лесов. Сэһэн, Л.: изд. «Библиотеки всемирной литературы», 1928; М.—Л.: Гиз, 1930.
  • Китайские повести. С. Михайлова-Штерн тылбааһа. М.—Л.: «ЗиФ», 1928.
  • Против волны, с предисл. Ф. Кона, изд. «Молодая гвардия», М.—Л.: 1929.
  • Pisma, 14 vv. Warszawa, 1922—1926.
  • 12 let v kraju Jakutow, Wrazenia i notatki, z mapa i 167 rysunkami. Warsaw, 1900, xi + 414 pp.
  • "Wśród kosmatycһ ludzi". 1903
  • The Yakuts. Abridged from the Russia of Sieroshevski by W. G. Sumner // Tһe Journal of tһe Anthropological Institute of Great Britain and Ireland. 1901. Vol. XXXI.
  • Du shamanisme d'aprés les croyances des yakoutes. // Revue de l'histoire des Religions, tome 46. Paris, 1902.
  • Dziela. В 20 тт. Kraków, 1958-64.

[уларыт] Аныгы таһаарыылар

  • Якутские рассказы. М.: Кудук, 1997.
  • Якуты. Опыт этнографического исследования. М., 1993.

[уларыт] Критика

  • Фельдман В. В. Серошевский // «Критический альманах», кн. 2, М., 1910
  • Залевский К. (Станислав Трусевич псевдонима). К характеристике новейшей польской литературы // «Современный мир», 1912, IV.
  • О труде Серошевского (быт якутов) // Изв. ВСОРГО. 1896. Т. 26, № 4–5. С. 285-302
  • Башарин Г.П. История аграрных отношений в Якутии // 2003, «Арт-Флекс», I т., С. 19-22 ISBN 5-93253-017-0

[уларыт] Серошевскай туһунан

  • Армон В. Польские исследователи культуры якутов. М.: МАИК «Наука/Интерпериодика», 2001.
  • Czachowski, K. Wacław Sieroszewski. Życie i twórczość. Łódź: Poligrafika, 1947.
  • Kempf, Z. Orientalizm Wacława Sieroszewskiego. Wątki japońskie. Warszawa-Wrocław: Państwowe Wydawnictwo Naukowe, 1982.
  • Małgowska, H. M. Sieroszewski i Syberia. Toruń: Uniwersytet Mikołaja Kopernika, 1973.
  • Robert J. Tһeodoratus. Waclaw Sieroszewski and the Yakut of Siberia // Ethnohistory. 1977, V. 24, No. 2. P. 103–115


[уларыт] Сигэ

Атын омук тылынан

Static Wikipedia (no images)

aa - ab - af - ak - als - am - an - ang - ar - arc - as - ast - av - ay - az - ba - bar - bat_smg - bcl - be - be_x_old - bg - bh - bi - bm - bn - bo - bpy - br - bs - bug - bxr - ca - cbk_zam - cdo - ce - ceb - ch - cho - chr - chy - co - cr - crh - cs - csb - cu - cv - cy - da - de - diq - dsb - dv - dz - ee - el - eml - en - eo - es - et - eu - ext - fa - ff - fi - fiu_vro - fj - fo - fr - frp - fur - fy - ga - gan - gd - gl - glk - gn - got - gu - gv - ha - hak - haw - he - hi - hif - ho - hr - hsb - ht - hu - hy - hz - ia - id - ie - ig - ii - ik - ilo - io - is - it - iu - ja - jbo - jv - ka - kaa - kab - kg - ki - kj - kk - kl - km - kn - ko - kr - ks - ksh - ku - kv - kw - ky - la - lad - lb - lbe - lg - li - lij - lmo - ln - lo - lt - lv - map_bms - mdf - mg - mh - mi - mk - ml - mn - mo - mr - mt - mus - my - myv - mzn - na - nah - nap - nds - nds_nl - ne - new - ng - nl - nn - no - nov - nrm - nv - ny - oc - om - or - os - pa - pag - pam - pap - pdc - pi - pih - pl - pms - ps - pt - qu - quality - rm - rmy - rn - ro - roa_rup - roa_tara - ru - rw - sa - sah - sc - scn - sco - sd - se - sg - sh - si - simple - sk - sl - sm - sn - so - sr - srn - ss - st - stq - su - sv - sw - szl - ta - te - tet - tg - th - ti - tk - tl - tlh - tn - to - tpi - tr - ts - tt - tum - tw - ty - udm - ug - uk - ur - uz - ve - vec - vi - vls - vo - wa - war - wo - wuu - xal - xh - yi - yo - za - zea - zh - zh_classical - zh_min_nan - zh_yue - zu -

Static Wikipedia 2007 (no images)

aa - ab - af - ak - als - am - an - ang - ar - arc - as - ast - av - ay - az - ba - bar - bat_smg - bcl - be - be_x_old - bg - bh - bi - bm - bn - bo - bpy - br - bs - bug - bxr - ca - cbk_zam - cdo - ce - ceb - ch - cho - chr - chy - co - cr - crh - cs - csb - cu - cv - cy - da - de - diq - dsb - dv - dz - ee - el - eml - en - eo - es - et - eu - ext - fa - ff - fi - fiu_vro - fj - fo - fr - frp - fur - fy - ga - gan - gd - gl - glk - gn - got - gu - gv - ha - hak - haw - he - hi - hif - ho - hr - hsb - ht - hu - hy - hz - ia - id - ie - ig - ii - ik - ilo - io - is - it - iu - ja - jbo - jv - ka - kaa - kab - kg - ki - kj - kk - kl - km - kn - ko - kr - ks - ksh - ku - kv - kw - ky - la - lad - lb - lbe - lg - li - lij - lmo - ln - lo - lt - lv - map_bms - mdf - mg - mh - mi - mk - ml - mn - mo - mr - mt - mus - my - myv - mzn - na - nah - nap - nds - nds_nl - ne - new - ng - nl - nn - no - nov - nrm - nv - ny - oc - om - or - os - pa - pag - pam - pap - pdc - pi - pih - pl - pms - ps - pt - qu - quality - rm - rmy - rn - ro - roa_rup - roa_tara - ru - rw - sa - sah - sc - scn - sco - sd - se - sg - sh - si - simple - sk - sl - sm - sn - so - sr - srn - ss - st - stq - su - sv - sw - szl - ta - te - tet - tg - th - ti - tk - tl - tlh - tn - to - tpi - tr - ts - tt - tum - tw - ty - udm - ug - uk - ur - uz - ve - vec - vi - vls - vo - wa - war - wo - wuu - xal - xh - yi - yo - za - zea - zh - zh_classical - zh_min_nan - zh_yue - zu -

Static Wikipedia 2006 (no images)

aa - ab - af - ak - als - am - an - ang - ar - arc - as - ast - av - ay - az - ba - bar - bat_smg - bcl - be - be_x_old - bg - bh - bi - bm - bn - bo - bpy - br - bs - bug - bxr - ca - cbk_zam - cdo - ce - ceb - ch - cho - chr - chy - co - cr - crh - cs - csb - cu - cv - cy - da - de - diq - dsb - dv - dz - ee - el - eml - eo - es - et - eu - ext - fa - ff - fi - fiu_vro - fj - fo - fr - frp - fur - fy - ga - gan - gd - gl - glk - gn - got - gu - gv - ha - hak - haw - he - hi - hif - ho - hr - hsb - ht - hu - hy - hz - ia - id - ie - ig - ii - ik - ilo - io - is - it - iu - ja - jbo - jv - ka - kaa - kab - kg - ki - kj - kk - kl - km - kn - ko - kr - ks - ksh - ku - kv - kw - ky - la - lad - lb - lbe - lg - li - lij - lmo - ln - lo - lt - lv - map_bms - mdf - mg - mh - mi - mk - ml - mn - mo - mr - mt - mus - my - myv - mzn - na - nah - nap - nds - nds_nl - ne - new - ng - nl - nn - no - nov - nrm - nv - ny - oc - om - or - os - pa - pag - pam - pap - pdc - pi - pih - pl - pms - ps - pt - qu - quality - rm - rmy - rn - ro - roa_rup - roa_tara - ru - rw - sa - sah - sc - scn - sco - sd - se - sg - sh - si - simple - sk - sl - sm - sn - so - sr - srn - ss - st - stq - su - sv - sw - szl - ta - te - tet - tg - th - ti - tk - tl - tlh - tn - to - tpi - tr - ts - tt - tum - tw - ty - udm - ug - uk - ur - uz - ve - vec - vi - vls - vo - wa - war - wo - wuu - xal - xh - yi - yo - za - zea - zh - zh_classical - zh_min_nan - zh_yue - zu

Static Wikipedia February 2008 (no images)

aa - ab - af - ak - als - am - an - ang - ar - arc - as - ast - av - ay - az - ba - bar - bat_smg - bcl - be - be_x_old - bg - bh - bi - bm - bn - bo - bpy - br - bs - bug - bxr - ca - cbk_zam - cdo - ce - ceb - ch - cho - chr - chy - co - cr - crh - cs - csb - cu - cv - cy - da - de - diq - dsb - dv - dz - ee - el - eml - en - eo - es - et - eu - ext - fa - ff - fi - fiu_vro - fj - fo - fr - frp - fur - fy - ga - gan - gd - gl - glk - gn - got - gu - gv - ha - hak - haw - he - hi - hif - ho - hr - hsb - ht - hu - hy - hz - ia - id - ie - ig - ii - ik - ilo - io - is - it - iu - ja - jbo - jv - ka - kaa - kab - kg - ki - kj - kk - kl - km - kn - ko - kr - ks - ksh - ku - kv - kw - ky - la - lad - lb - lbe - lg - li - lij - lmo - ln - lo - lt - lv - map_bms - mdf - mg - mh - mi - mk - ml - mn - mo - mr - mt - mus - my - myv - mzn - na - nah - nap - nds - nds_nl - ne - new - ng - nl - nn - no - nov - nrm - nv - ny - oc - om - or - os - pa - pag - pam - pap - pdc - pi - pih - pl - pms - ps - pt - qu - quality - rm - rmy - rn - ro - roa_rup - roa_tara - ru - rw - sa - sah - sc - scn - sco - sd - se - sg - sh - si - simple - sk - sl - sm - sn - so - sr - srn - ss - st - stq - su - sv - sw - szl - ta - te - tet - tg - th - ti - tk - tl - tlh - tn - to - tpi - tr - ts - tt - tum - tw - ty - udm - ug - uk - ur - uz - ve - vec - vi - vls - vo - wa - war - wo - wuu - xal - xh - yi - yo - za - zea - zh - zh_classical - zh_min_nan - zh_yue - zu