Пекарскай Эдуард Карлович
Бикипиидийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Эдуард Карлович Пекарскай (1858–1934, Ленинград) — лингвист, этнограф, фольклорист, ССРС наукаларын Академиятын бочуоттаах чилиэнэ (1931).
Нуучча географияны чинчийэр обществотын этнография отделениятын секретаара, сахалар уонна эбэҥкилэр этнографияларын тустарынан үлэлэр ааптарадара, бастакы фундаментальнай саха тылын тылдьытын оҥорбут киһи.
Алтынньы 25 күнүгэр 1858 с. Минскай губернияҕа дьадайбыт польскай дворяннар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт. Ийэтэ эрдэ өлөн тастыҥ эһэтигэр (двоюродный дед) иитиллибит. Харьковскай ветеринарнай институтка үөрэммитэ (1877–78 с.). Народническай хамсааһыҥҥа кыттыбытын иһин Саха Сиригэр көскө ыытыллыбыта. Дьокуускайга сэтинньи 2 күнүгэр 1881 с. кэлбит, Ботуруускай улуус 1 Игидэй нэһилиэгэр олохтоммут. Онно сүүрбэччэ сыл олорбут. 1887 с. Пекарскай 7 тыһыынча саха тылын хомуйбут, 11 сылынан — 20 тыһыынча, оттон 1930 с. — 25 тыһыынча тылы. Үлэтигэр саха тылын билэр олохтоохтор көмөлөспүттэр: аҕабыыт Д. Д. Попов, олонхоһут Андросова-Ионова, лингвист С. А. Новгородов уонна аан дойдуга биллэр ученай академиктар В. В. Радлов, К. Г. Залеман, В. В. Бартольд уонна да аттыттар.
1926 с. алтынньытыгар Э.К.Пекарскай тылдьытыгар бүтэһик тыллары суруйбут. Ол туһунан Саха Сирин правительствотын Председателигэр М.К. Аммосовка телеграмма охсубут. Правительство политкаторжаннар Ленинградтааҕы обществоларын кытта Тылдьыт ааптарын чиэстээһини тэрийбиттэр.
Саха норуотун аатыттан Эҕэрдэ суругу эдэр поэт Г.В. Баишев (Алтан Сарын) аахпыт. Маннык тыллар бааллар эбит: «Эдуард Карлович, эн албан аатыҥ эн таптыыр Тааттаҥ хонуутугар, былыргы олоҥхоҕо ахтыллар Айыы Дьаргыл баҕанатын курдук, үс өргөстөөх, аҕыс кырыылаах суорба таас баҕанаҕа батары таміаланан үйэттэн үйэ тухары саха киһитэ күлүгүн быһа хаампат ытыга буолан туруохтун!»