Web Analytics Made Easy - Statcounter

See also ebooksgratis.com: no banners, no cookies, totally FREE.

CLASSICISTRANIERI HOME PAGE - YOUTUBE CHANNEL
Privacy Policy Cookie Policy Terms and Conditions
Исландия - Бикипиидийэ

Исландия

Бикипиидийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Исландия
Исландия

Исландия (исл. Ísland), Исландия Республиката (исл. Lýðveldið Ísland) - Европа уонна Хотугу Америка икки ардыларыгар сытар арыы дойду. Республика. Киһитин ахсаана - 307 261 [1]. Үксэ исландецтар олороллор.


Ис хоһооно

[уларыт] Географията

Гудафос
Гудафос

Муора арыыта. Соҕуруу өттүттэн Атлантическай океанынан суураллар, арҕаа уонна хоту - Гренландскай муораннан, илин - Норвежскай муораннан. Сирин иэнэ 103125 км2. Арыы үгүс өттө хайалар. Дэхси сир аҕыйах. Муора биэрэгэр фьордар бааллар. Исландия гейзердарынан, геотермальнай ууларынан уонна вулканнарынан аатырар.

[уларыт] Государство историята

Былааҕа
Былааҕа
Гиэрбэтэ
Гиэрбэтэ

Маҥнай хотугу сир (Туле) туһунан грек Питий суруйбута. Оттон Исландияны ким арыйбыта быһаарылла илик. "Исландия" диэн ааты маҥнай Флоуки биэрбит.

Исландия арыытыгар дьон X үйэҕэ олохсуйбуттар. Ол саҕана Норвегияҕа Хааралд диэн хоруол былааһы ылбыт, киниттэн куоппут дьон сорохторо арыы кытылларыгар олохсуйбуттар. Историяҕа биллэр бастакы олохтооҕунан Инголф Арнарсон диэн норвежец буолар, кини билиҥҥи Рейкьявик турар сиригэр 874 сыллаахха олохсуйбут.

Олохтоохтор эбиллэн истэхтэрин ахсын судаарыстыба системата үөскээн испит. Хас уобалас аайы "тыҥ"диэн салайар орган баар эбит - дьон мустан иҥин араас мөккүөрдэри быһаараллар эбит. Сүрүн, улахан боппуруостары "алтыҥ" диэн уобаластар бэрэстэбиитэллэрэ мустар мунньахтара быһаарара үһү. Бастакы алтыҥ 930 сыллаахха буолбут. Онон Исландия демократията билигин баар демократиялартан саамай кырдьаҕастара буоларыгар тиийэр.

Исландия остуоруйатын билигин былыргы саагалартан (үһүйээннэртэн) хомуйан реконструкциялыыллар. Исландия саагата диэн үксүн биир киһи эбэтэр ыал олоҕун ойуулуур үһүйээн. Саагаларынан сылыктаатахха былыргы исландецтар сатабыллаах муораһыттар эбит. Саагалар кэпсииллэринэн холобура Моҕол Эйирик 1000 сыллаахха Эмиэрикэ кытылыгар тиийэн олохсуйбут эбит. Былыргы исландецтар суруктаахтар-бичиктээхтэр эбит, ону ааһан элбэх киһи суруйар-ааҕар эбит. Онон бүтүн Скандинавия мифологията үксэ Исландия олохтоохторун өҥөтүнэн баччааҥҥа дылы чөл кэлбит.

1262 сыллаахха Исладия Норвегияны кытта билигин ааттанарынан «Эргэ дуогабар» диэни түһэрсэргэ күһэллэр. Ол дуогабарынан Исландия Норвегия хоруолларын былааһын билинэр, ол оннугар сыл аайы хас да мастаах, бурдуктаах уонна атын табаардаах хараабыллары Норвегияттан ылар бырааптанар. 1395 сыллаахха Норвегияны кытта Дания былааһыгар киирэр. Онтон 1918 сыллаахха туспа королевство буолар, ол гынан баран Данияттан син биир унияннан тутулуктаах буолар. 1944 сыллаахха бэс ыйын 17 күнүгэр дьэ туспа судаарыстыба, республика буолар. Бу күн баччааҥҥа дылы судаарыстыба бырааһынньыгын быһыытынан хас сыл аайы бэлиэтэнэр.

[уларыт] Политическай тутула, административнай тыырыллыыта, салалтата

Республика. Президент. Парламент. Муниципалитеттар (Sveitarfelag).

[уларыт] Экономиката

Исландия ата
Исландия ата

Сүрүн дохуоту балыктааһын киллэрэр, иккис суол - туризм. Энергияны геотермальнай источниктартан ылаллар. Америка тэрилтэтэ туппут собуотугар тас дойду рудатыттан алюминий ылаллар (толлинг?). Алюминийы оҥорон таһаарыы энергия чэпчэки буолан улахан барыыстаах, онон бу салааны государство сүрдээҕин өйүүр.

Транспора сүрүннээн массыына (автомобильнай), тимир суол суох. Куораттар ыккардыларыгар уонна атын дойдулары кытта самолётунан уонна муора хараабылларынан сибээстэһэллэр.

[уларыт] Нэһилиэнньэтэ

Ватнайокюль мууска баар Гримсвётн диэн вулкан күөлэ.
Ватнайокюль мууска баар Гримсвётн диэн вулкан күөлэ.

Республика олохтоохторун ахсаана 307 тыһ. киһи (2006). Олохтоохторун 36% тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, 21% - балыксыттар, 18% промышленноска уонна оҥорон таһаарар салааҕа (ремесло) үлэлииллэр, 15% - эргиэҥҥэ уонна траспорга, 10% - манна ааттаммыттан атынынан дьарыгырар.

Омугунан биир кэлим: 90 бырыһыана исландецтар - өбүгэлэрэ скандинавтар, исландскай тылынан саҥараллар. Дойдуга өссө датчааннар уонна норвежецтар иҥин олороллор. Ортотунан ыллахха биир квадратнай километырга 2,9 киһи тиксэр. Олохтоохторун 60-ча бырыһыана дойду соҕурууҥулуу-арҕаа өттугэр олорор. Куораттара уонна сэлиэнньэлэрэ үксүн муора кытылыгар уонна фьордар тула тутуллубуттар. Столицаҕа Рейкьявикка нэһилиэнньэтин үс гыммыттан биирэ олорор, атын улахан куораттар - Акурейри, Һафнарфьөрдүр, Сиглүфьөрдүр, Көйпстадүр (Вестманнөйaр).

[уларыт] Үөрэхтээһин уонна науука

[уларыт] Сигэлэр

  1. * Statistics Iceland. www.statice.is (1 December 2006). Retrieved on 20 September 2006.
Атын омук тылынан


aa - ab - af - ak - als - am - an - ang - ar - arc - as - ast - av - ay - az - ba - bar - bat_smg - bcl - be - be_x_old - bg - bh - bi - bm - bn - bo - bpy - br - bs - bug - bxr - ca - cbk_zam - cdo - ce - ceb - ch - cho - chr - chy - co - cr - crh - cs - csb - cu - cv - cy - da - de - diq - dsb - dv - dz - ee - el - eml - en - eo - es - et - eu - ext - fa - ff - fi - fiu_vro - fj - fo - fr - frp - fur - fy - ga - gan - gd - gl - glk - gn - got - gu - gv - ha - hak - haw - he - hi - hif - ho - hr - hsb - ht - hu - hy - hz - ia - id - ie - ig - ii - ik - ilo - io - is - it - iu - ja - jbo - jv - ka - kaa - kab - kg - ki - kj - kk - kl - km - kn - ko - kr - ks - ksh - ku - kv - kw - ky - la - lad - lb - lbe - lg - li - lij - lmo - ln - lo - lt - lv - map_bms - mdf - mg - mh - mi - mk - ml - mn - mo - mr - mt - mus - my - myv - mzn - na - nah - nap - nds - nds_nl - ne - new - ng - nl - nn - no - nov - nrm - nv - ny - oc - om - or - os - pa - pag - pam - pap - pdc - pi - pih - pl - pms - ps - pt - qu - quality - rm - rmy - rn - ro - roa_rup - roa_tara - ru - rw - sa - sah - sc - scn - sco - sd - se - sg - sh - si - simple - sk - sl - sm - sn - so - sr - srn - ss - st - stq - su - sv - sw - szl - ta - te - tet - tg - th - ti - tk - tl - tlh - tn - to - tpi - tr - ts - tt - tum - tw - ty - udm - ug - uk - ur - uz - ve - vec - vi - vls - vo - wa - war - wo - wuu - xal - xh - yi - yo - za - zea - zh - zh_classical - zh_min_nan - zh_yue - zu -